gototopgototop

gototopgototop

Муниципальное бюджетное учреждение дополнительного образования 
Оленекская детско-юношеская спортивная школа муниципального района 
«Оленекский эвенкийский национальный район» Республики Саха (Якутия)

Официальный информационный сайт

Главная Новости ХХI-с Манчаары оонньуулара спартакиада өлөөннөргө үчүгэй өйдөбүлү хаалларда

ХХI-с Манчаары оонньуулара спартакиада өлөөннөргө үчүгэй өйдөбүлү хаалларда

Рейтинг пользователей: / 16
ХудшийЛучший 
gototopgototop

1 edb6b      Горнай улууһун Бэридьигэстээҕэр от ыйын 11 күнүгэр ХХI-с Манчаары оонньуулара бэрт үрдүк тэрээһиннэхтик ыытыллан түмүктэннилэр. Манна 6 күн устатыгар Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кыттааччылар успуорт 11 көрүҥэр күөн көрүстүлэр. Бу норуокка "Саха Олимпиадатынан" ааттанар төрүт оонньууларбытыгар Өлөөн оройуона толору састаабынан - 30 спортсмен кытыыны ылла. "Сардаҥа" хаһыат, Манчаары оонньуулара хайдах ааспытын туһунан оройуон баһылыгыттан Лена Степановна Ивановаттан уонна хамаанда салайааччыларыттан Ия Федороваттан уонна Михаил Павловтан аҕыйах ыйытыыга хоруйдуулларыгар көрдөстө.



- Быйылгы оонньууларга хамаанданы сүүмэрдээһин хайдах быһыылаах ыытылынна?
Михаил Павлов: - Сүүмэрдээһини Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт чемпионаттар, турнирдар уонна улууспутугар А.С. Иванов Кубогар ыытылллыбыт I Спартакиада түмүктэринэн көрөн ыыттыбыт. Биллэн турар, бу манна биһиги кэккэ ыарахаттардаах этэ - сорох көрүҥнэргэ элбэх күрэхтэһиилэр буолбатылар. Ону тренердэр сөпкө көрөн-истэн, бастыҥнар талыллан хамаанда састаабыгар киирбиттэрэ диэн сыаналыыбын.

- Бэлэмнэниигэ туох ыарахаттары көрүстүгүт?
Михаил Павлов: - Бэлэмнэниигэ көрсүбүт ыарахаттар тустарынан этэр буоллахха - ИФА, ПЦР анализтары бириэмэтигэр сөпкө биэриэххэ, ылыахха наада эбит. Сороҕор эрдэ, ардыгар хойут буолан хаалар.

Ол спортсменнарга харгыстары үөскэттэ. Анализ туттарарга туһугар эмиэ ыарахаттардаах эбит: спортсменнар бары долгуйаллар, ол аналиһын хайдах, тугу көрдөрөрө биллибэт. Саамай ыарахаммыт ити. Үп-харчы өртүгэр Онньууларга кыттарга сөптөөх көмө баар буолла. Төһө да ыарахан балаһыанньа үөскээтэр, үп-харчы кырыымчык буоллар – сөптөөх эрчиллиилэри, күрэхтэһиилэри ыыттыбыт дии саныыбыт. Ия Федорова:
- Хамсык ыарыынан сибээстээн Оонньуулар Балаһыанньаларыгар уларыйыылар, хааччахтааһыннар киирбиттэрэ. Хас биирдии хамаандаттан 100% вакцинация уонна ону туоһулуур государственнай порталга баар QR-код ирдэниллибитэ. Бэлэмнэниигэ ыарахаттарбыт диэн, кыттааччыларбыт сүрүннээн бэйэлэрэ тус дьарыктаннылар. Тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи кэмҥэ тоҕуоруһан мустуу, бэйэҕит билэргит курдук, бобуулаах. Биһиги эрэ буолбатах, бары улуустар бары итинник ыарахаттары көрүстэхтэрэ буолуо. Өссө биир ирдэбилинэн кыттааччыларга ГТО нормативын туттарыы буолбута. Быйылгы Оонньууларга ханнык хамаандалар кыайалларын, миэстэлэһэллэрин эрдэттэн ким даҕаны билбэт, сэрэйбэт этэ. Саамай интэриэһинэйэ онно сытара. Урукку Оонньууларга анаан путевкалар оонньонор эрдэхтэринэ, кырдьык, кимнээх кыайыахтарын, миэстэлэһиэхтэрин эрдэттэн билиэххэ, таайыахха сөп этэ. Оттон билигин хамаандалар ханнык састаабынан кэлэллэрэ да биллибэт этэ. Ким ханнык таһымҥа сылдьара, барыта таайтарыы. Онон Горнайга буолбут Оонньууларга сытыы тыҥааһыннаах киирсиилэр буолан аастылар. - Өлөөн хамаандата ханнык көрүҥҥэ кытынна? Ия Федорова:

- Биһиги хамаандабыт гиирэ успуордугар, хапсаҕай, хотугу многоборье, мас тардыһыы, традиционнай оҕунан ытыы, хабылык уонна хаамыска, салгын саатынан ытыы, чэпчэки атлетика, ыстаҥа, куобах, кылыы көрүҥнэригэр кытынныбыт. СӨ успуордун маастара, биһиги киэн туттар уолбут Айсен Семенов мас тардыһыыга III миэстэни ылан боруонса мэтээлинэн наҕаарадаламмыта биир дойдулаахтарбытын олус үөртэ! Гиирэ успуордугар Арчылаан Ноговицын VI-с миэстэни ылан инникигэ эрэллээҕин итэҕэтиилээхтик дакаастаата уонна хамаанданан түмүккэ бэйэтин кылаатын киллэрбитин бэлиэтиэххэ наада. Маны сэргэ охчуттарбыт өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн XIII-с миэстэҕэ тахсыбыттара биһиги охчуттарбыт сөп суолунан баран иһэллэрин көрдөрөр. Уопсай түмүккэ бу Оонньууларга Өлөөн оройуона эдэр састаабынан эрэллээхтик кыттан 4-с группаҕа иккис бочуоттаах миэстэҕэ тигистэ! Бу үрдүк ситиһиинэн күндү биир дойдулаахтарбытыгар, успуорду сэҥээрээччилэргэ истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит, уонна тириэньэрдэргэ, физкультура учууталларыгар, Өлөөн оройуонун, нэһилиэктэр дьаһалталарын үлэһиттэригэр, биһиги улууспут баһылыга Лена Степановна Ивановаҕа барҕа махтал тылларын этэбит! Лена Степановна Иванова, Өлөөн эбэҥки националнай оройуонун баһылыга :
- Убаастабыллаах биир дойдулаахтарым! Эһигини XXI-с Манчаары оонньууларыгар улууспут хамаандата иккис бочуоттаах миэстэни ылбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Биһиги хамаандабыт 65% сөргүтүллэн, эдэр ыччаттарбыт олус уустук киирсиигэ өрөспүүбүлүкэ ааттаахтарын кытта тэҥҥэ илин-кэлин түһүстүлэр. Сороҕор барыта уурбут-туппут да курдук буолбатар, Үрэн Хоһуун сыдьааннара бэйэлэрин кыайыыга дьулуурдарын, күүстэрин-уохтарын уонна модун санааларын көрдөрдүлэр. Биһиги спортсменнарбыт – дьиҥнээх дьоруойдар! Махтанабын сүүмэрдэммит хамаандаҕа: кыттааччыларга, тириэньэрдэргэ, бэрэстэбиитэллэргэ, успуорду таптааччыларга – Өлөөммүт дьиҥнээх патриоттарыгар! Өлөөннөр, иннибит диэки! XXI-с Манчаары оонньууларын кыайыылаахтара. Горнай улууһа, Бэрдьигэстээх, 06-11.07.2021 с. 1 группа – Мэҥэ-Хаҥалас, Дьокуускай, Хаҥалас 2 группа – Чурапчы, Үөһээ Бүлүү, Нам 3 группа – Горнай, Кэбээйи, Үөһээ Дьааҥы 4 группа – Анаабыр, Өлөөн, Муома.

Подробнее: https://xn--80aaaaaqemr0d4akx.xn--p1ai/article/17576



2 fc48c3 ac3d74 9eaf95 c49976 542387 e171f8 b2f9c9 2f345






Добавить комментарий


Защитный код
Обновить